сүтэрэ илик диэххэ сөп. Аймахтаһыы- былыргаттан социальнай ис хоһоонноох көстүү. Аймахтаһыы практическай өттүнэн туһалаа5ын, прогрессивнай ис хоһоонноо5ун ыл5аан бэйэбит олохпутугар, хардарыта сыһыаммытыгар туһаныах тустаахпыт.
Төрүччүнү билии- удьуор тыыныгар иитилии
Саха киһитэ бэйэ-бэйэтин билсэригэр туох ханнык иннинэ "кимтэн кииннээ5ин, хантан хааннаа5ын" сураһар, төрдүн- ууһун ыйыталаһар. Былыр саха киһитэ төрдүн- ууһун 8-9 көлүөнэ5э тиийэ билэр, айма5ыр5аһар эбит.
Төрүччүнү үөрэтии 5 хайысханан үөрэтиллиэн сөп:
1. Уруу-аймах ситимин билии;
2. О5о5о удьуорунан бэриллэр дьо5урун арыйыы;
3. Чөл, доруобай олохтоох буоларга, эрдэттэн бэйэ туругун харыстанарга ийэ, а5а уустарынан бэриллэр эт-сиин утумун ырытыы;
4. Дьиэ-кэргэн иһинэн, иитэр- үөрэтэр тэрилтэлэр программаларын төрүччүгэ туттуллар уруу-аймах өйдөбүллэрин о5о тылын байытыы;
5. О5ону уруумсах-айма5ымсах буоларга иитии;
О5ону бэйэ холобурунан иитии-киһи оло5ун усталаах туоратыгар тохтоло суох дьайа турар ньыма. Улахан киһи, ийэ-а5а, уруу-аймах холобурдарын көрө сылдьан, о5о ону үтүктэн үөрэнэр, иитиллэр. Ити үтүө үгэс ситимэ иитэр кыа5ын билигин ким да саарбахтаабат.
Ыраах-чугас аймахтары билсээри, билээри а5а саастаах аймахтарбытыттан төрүттэрбитин сураһан, төрүччүбүтүн сэһэргэһэн, хомуйан-олох маһын кэҥэтэ-хаҥата сылдьыахтаахпыт. Силиһин-мутугун билэр киһи олоххо тирэхтээхтик сананар, туруктаах буолар. Хаһан да көрбөтөх аймах-билэ дьонун эйиэхэ туох эрэ ураты күүһү- эрэли биэрэллэр.
Стручковтар аймах үгэс буолбут тэрээһиннэрэ
Саха биир дьоһун үгэһинэн уруур5аһыы буолар. О5о айма5ымсах буолуута кини оло5ор улахан суолталаах. Айма5ымса5а суох, төрүттэрин аанньа ахтыбат киһи со5отохсуйар, ыарахан кэмигэ
Страницы: << < 3 | 4 | 5 | 6 > >>