О5ону удьуор утумунан иитии

Страницы: <<  <  4 | 5 | 6

р көмө-тирэх буолар дьоно суох буолан эрэйдэнэр. О5ону кыра эрдэ5иттэн аймахтарын кытта билиһиннэрэ, алтыһыннара эрэ сырыттахха аймахтарын билэр, уруумсах буола улаатар дии саныыбыт биһиги аймах. Ол иһин ыраах чугас олорор Стручковтар аймах сылга хаста да түмсэн араас тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри тэрийэбит.
Холобур:
1. Ыһыах (дьиэ - кэргэн сылы этэҥҥэ туораан самаан сайыҥҥа үктэммит отчуота, оскуоланы, үөрэ5и бүтэрбит кэнчээри ыччаппытыгар стипендия туттарыыта)
2. Төрүттэрбит өтөхтөхтөрүгэр тиийэн сиэри-туому тутуһуу;
3. От үлэтигэр көхтөөх үлэ.
4. Үөрүүлээх да хомолтолоох да күннэргэ көмөлөсүһүү;
5. Биир көлүөнэ о5олорун көрсүһүүлэрэ;
6. 5-тии сыл буола буола саҥа дьылы тэрээһиннээхтик көрсүү;
7. Кийииттэр, күтүөттэр ассоциациялара;
8. ЭХО общество (эдэрдэр, холостойдар обществолара)
9. Ыраах сылдьар аймахтарбытын кытта сибээһи туту, билсии.




Түмүк.
"Сурт кириэстээх буолан сура5ырар, өтөх төҥүргэстээх буолан өйдөнүллэр, өбүгэ ыччаттаах буолан үйэтийэр" диэн сахалар мээнэ5э эппэттэр. Төрдү-ууһу үөрэтии туохха наадалаа5ый? Олох сал5анан бара турарын тухары төрөппүттэрбитин утумнааһын сал5анан бара туруо5а. О5о аймахтар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын барытын кэтээн көрө, иитиллэ сылдьар. Үтүө үгэс быһыытынан өбүгэлэрбитин, чугас дьоннорбутун умнубакка, ыччат дьоннорбутун-сэргэбитин үйэттэн үйэ5э үрдүктүк тутан, эргиллэн кэлэн, ааттарын ааттатар, кинилэри салгыыр, ытык иэстээхтэрин өйдөтүү буолар. Биһиги аймах төрүччүбүт кумаа5ыга эрэ оҥоһуллан баран сытар буолбатах, дьиҥнээхтии үлэлиир, иитэр, үөрэтэр.





Страницы: <<  <  4 | 5 | 6
Рейтинг
Оцени!
Поделись конспектом: