бэлэх биэрэр үгэс баара үһү.
Аймахтаһыы гуманнай үгэһи тутуһара, кэлэр көлүөнэ доруобуйатын туһугар кыһаналлара. Чугас аймахтыылар кэргэн буоланнар хааны буккуйалларын принципиальнайдык боболлоро.
Хардарыта көмөлөсүһүү - аймахтаһыы суруллубатах сокуона. Бэл, атах эти эттээтэхтэринэ, кэһии-тутуу ыыталлара, тэҥҥэ үөрэллэрэ-көтөллөрө үһү. Аймахтыылар дьукаахтаһан эбэтэр чугас-чугас алаастарга ыаллыы буолан олоруулара, дьиэ-уот кытаанах кыһал5аларыгар хардарыта көмөлөсүһүүлэрэ да5аны моральнай но5уруускалаах.
Ол гынан баран аһары чугасаһан, киҥир-хаҥыр саҥарсаллара элбиириттэн дуу, салгыһан, сонуннара ааһарыттан дуу, эбэтэр кэлтэччи көмөлөһүүттэн эбитэ дуу, эбэтэр куоталаһар, илин былдьаһар санааттан эбитэ дуу, то5о эрэ "Уруу ыраа5а, уу чугаһа үчүгэй" диэн билигин да умнуллубат өс хоһооно үөскээн хаалбыт. Онон уруу буоллун да барыта үчүгэй буолбата олоххо сэдэхтик көстүтэлиир диэххэ сөп.
Аймахтыылар бэйэлэрин ортолоруттан хайдах эрэ арааран, бары күөн туттар, ытыктыыр, сүгүрүйэр киһилээх буолаллар.
Билигин аймахтаһыы чэрчитэ кыараата диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо. Ону маннык биричиинэлэринэн быһаарыахха сөп:
1. Хас биирдии киһи экономическай өттүнэн тутулуга суох буолла;
2. Хас биирдии киһи социальнай өттүнэн тутулуга суох буолла, кини хайа ба5арар киһини кытта көҥүллүк, туох да кэтэх санаата суох сибээстэһэр;
3. Материальнай уонна духовнай көрдөбүллэрэ, интэриэстэрэ кэҥээтилэр, араҥаланнылар, наарданнылар уонна уустугурдулар, уран-намчы буоллулар;
4. Киһи оло5ун бары өттө, бэл дууһатын ула5а муннуктара эмиэ, дириҥ интернациональнай ис хоһоонноннулар;
5. Киһи иллэҥ кэмигэр бэйэтин туһугар, бэйэтэ сайдарыгар үлэлиир буолла;
Ол гынан баран аймахтаһыы иитэр-үөрэтэр, киһини өрө тардар суолтатын билигин да
Страницы: << < 2 | 3 | 4 | 5 | 6 > >>