та ыарахан, эрэйдээх-буруйдаах оло5ун уерэх сырдыгынан сырдатан, атын омуктары кытта кэккэ кецуллук олорор, сайдар суолга киллэрэргэ туох баар кууьун-кудэ5ин биэрбит саха а5а келуенэ интеллигенциятын биир ча5ылхай представителин, сырдатааччытын С. А. Новгородовы саха норуота ытыктыыр, ейдуур. Кини аатын уйэтитэр сыаллаах сылын аайы тереебут тыл, сурук-бичик кунугэр ыытыллар "Аман ес" араатардар курэхтэрин сабыдыала о5о этэр-тыынар, сацарар-ицэрэр ис ке5ун уьугуннарарга улахан суолталаах. Кыттар о5о ахсаана элбээн, таьыма урдээн иьэрэ киьини олус уердэр. Курэх чэрчитинэн сахалыы аат курэ5э ыытыллыбыта сонун буолан кестубутэ. Биьиги кылааспыт 5 о5ото сахалыы то5о ааттаммыттарын сиьилии кэпсээбиттэрэ.
Биьиги кылаас "Кэскил" хаьыаттыын до5ордоспута ыраатта. Угус айымньыларбыт, ыстатыйаларбыт бэчээттэнэллэр. Сонуннарбытын "Эдэр суруналыыс" куруьуок чилиэннэрэ оскуола иьинэн тахсар хаьыакка, "Кэскилгэ" кыралаан да буоллар ыытан бэчээттэтэбит. Ыытар араас тэрээьиннэригэр о5олор да, тереппуттэрбит да кытталлар.
О5олор айар дьо5урдарын сайыннарарга сурун бол5омтобутун уурабыт. Уруогунан эрэ муцурдаммакка, "Чуораанчык" ыытар айар сорудахтаах курэхтэригэр ситиьиилээхтик кыттабыт. Республика5а ыытыллыбыт хартыынанан кэпсээн курэ5эр Вадим Иванов иккис миэстэни ылбыта, Варя Миронова айбыт кэпсээнэ бастыц кэпсээннэр кэккэлэригэр киирэн "Чуораанчык" сурунаалга бэчээттэммитэ.
"Эдэр чинчийээччи" куруьуокка алта о5о угус дьикти опыттары оцороллорун туохтаа5ар да ордороллор. Улэ тумугэ уксэ дакылаат буолан тахсар. "Уулаах отон суолтата", "Сылгы-киьи кемелеьееччутэ", "Газтаах утахтар", "Иьэр уубут" уо. д. а. Бэйэтин тереебут тылынан сацара, дакылааттыы уерэммит о5о
Страницы: << < 1 | 2 | 3 | 4 | 5 > >>