Конкурс профессионального ( педагогического) мастерства
"Компетентный учитель-компетентный ученик"
Номинация: обобщение педагогического опыта
Ийэ тыл сумэтин ицэрии
Тереебут терут тыл хас биирдии киьиэхэ, оскуола5а уерэнэр о5о5о, сиртэн саца быган эрэр кыракый киьиэхэ тиийэ, кини сайдар-уунэр кэскилин быстыбат ута5а, силигилии чэлгийэр дириц силиьэ буолар. Норуот уйэлэр тухары мунньубут муудараьын, оло5ун уопутун тереебут тылыгар сецерден илдьэ сылдьар. Тереебут тыл, культура утуе угэстэрин, бараммат баай уратыларын хас биирдии уунэр ыччакка тиэрдии, уерэтии биьиги сурун сорукпут, энчирээбэт иэспит.
О5о ийэ тылын сумэтин ицэринэригэр ыытыллар улэ араас еруттэрин кытта билсиьиннэриэхпин ба5арабын. Уйбаан Нуолур аатынан модельнай библиотека, "Оьуор" культура киинэ, кыраайы уерэтэр, Зверев аатынан фольклор, Б. Н. Андреев аатынан тумэллэр оскуоланы кытта бары биир санаанан о5о тылын сайыннарар туьугар улэлииллэр-хамсыыллар.
Тереебут тыл кэскилэ, дьыл5ата бастаан тереебут тылы уонна литератураны уерэтэр учууталтан быьаччы тутулуктаах. Бэйэ таьымын урдэтэр сыалтан кулууп иьинэн улэлиир "Ийэ тыл" аа5ар беле5ер дьарыктанабын. Оскуола, нэьилиэк,улуус тэрээьиннэригэр, литературнай аа5ыыларга активнайдык кыттабын,о5олорго, тереппуттэргэ утуе холобуру кердерер ба5а санаалаахпын.
О5о айар талаанын уьугуннарыыга хоьоон айдарыы улахан суолталаах. Айар иэйиигэ ылларбыт о5о кэрэни ейугэр-санаатыгар ицэриниитэ тургэтиир, айыл5аттан билиэн-керуен ба5атын таба уьугуннарар, сайыннарар, кэрэ5э, дьиктигэ тардыьары ке5улуур. Бастакы холонуубутун кыра тэттик хоьооннортон са5алаабыппыт. Уйбаан Нуолур тереебутэ 85 сылын керсе улуустаа5ы курэх чэрчитинэн ыытыллыбыт хоьоон курэ5эр кыттан, "Айар кутум уьугунна" диэн
Страницы: 1 | 2 | 3 > >>