ыт иннибитигэр, уҥа мээчиктээх илиибит үөһээ уонна кииһи табар гына быраҕабыт.
- Маладьыастар. Байанайбыт бэристэ, кииһи бултаатыбыт. Чэ, эрэ бултуйбут дьон быһыытынан үөрэ - көтө һээдьэлээн ылыахайын. (Төгүрүччу турабыт һээдьэлиибит. )
- Оҕолоор, салгыы айаннаатыбыт (1 колоннанан хаамыы)
2) Оҕолоор, керуҥ эрэ наарталар тураллар. Наарта диэн таба сыарҕата, онно олорон айанныыллар, таьаҕас тиэйэллэр, онтон бу спортивнай наарталар, маннык наартаны курэхтэһиигэ тутталлар. Билигин наартаны үрдүнэн ыстанарга үөрэниэхпит. Көруҥ эрэ атахпыт кыратык тэйиччи, илиибитинэн күүскэ анньынабыт уонна икки атахпытынан наарта неҥүө ыстанабыт. Онтон салгыы наарта бүтүөр дылы ыстанабыт, бүтэьик наартаны ыстанан баран эмиэ ыстанан эргийэбит уонна төттөру эмиэ ыстанан барабыт. Курэхтэһиигэ ким элбэх наартаны ыстаммыт кыайыылаах буолар. Чэ, эрэ бэлэмнэннибит. Ыстанныбыт. (Оҕолору көрүү, көннөрүү). Маладьыастар. Элбэхтик эрчилиннэхпитинэ сатыыһыкпыт дуу? Чэ эрэ салгыы бардыбыт.
3) Ааһан иһэн бары биирдии маамыктаны ыллыбыт. Билигин табаны тутарга маамыкта быраҕан холонуохпут. Төгүрүччү турдубут. Мэһэйдэспэт гына киэҥ, улахан төгүрүгү оҥоробут. Маамыктабыт төбөтүттэн хаҥас илиибитинэн тутабыт. Уҥа илиибитинэн маамыктабыт иититтэн тутан быраҕарга бэлэмнэнэбит уонна муоспут диэки туһаайан быраҕабыт. (Көрдөрүү) Онтон маамыктабытын хомуйан ылабыт, миэстэбитигэр туран эмиэ хаттаан быраҕабыт.
- Маладьыастар, чэ эрэ салгыы айаннаатыбыт.
4) - Оҕолоор, хотугу норуоттарга араас хамсаныылаах оонньуулардаахтар, эһиги оонньуоххутун баҕараҕыт дуо?
- Билигин "Табаьыт уонна табалар" диэн оонньууну оонньуохпут. Биир оҕо табаһыт буолар уоннааҕылар хобо чуораан кэтэннэр таба буолаллар. Табалар куоталлар, табаьыт эккирэтэн тутар. Таарыттарбыт оҕо табаһыт буолар. (Оонньуу)
Страницы: << < 2 | 3 | 4 | 5 > >>