Уус-Алдан улууһун үөрэхтээһиҥҥэ салаата
Тандатааҕы 28 "Кэнчээри" муниципальнай бюджетнай оскуола
иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэтэ.
Оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар аналлаах
"Дьүкээбил анныгар"
эти-хааны сайыннарыыга уонна билиини хаҥатыыга
дьарык-оонньуу модулун конспега.
Физическэй культура инструктора:
Слепцова Мария Егоровна,
I категориялаах.
2016 с
Тема - " Дьукээбил анныгар"
Сыала - Хотугу норуоттар спортивнай оонньууларын үөрэтии.
Соруктар - 1. Хоту дойду норуотун, олоҕун, спортивнай оонньууларын кытта билсиһиини кэҥэтии.
2. Наартаны ойуу, маамыктаны быраҕыы техникатын үөрэтии.
3. Оонньуу көрүҥүнэн физическай хаачыстыбаларын сайыннарыы.
4. Хотугу норуоттар культураларыгар убаастабылы иитии, интириэһи тардыы.
Туттуллар матырыйаал - нарта, маамыкта, таба муоһа, киис тириитэ, түү мээчиктэр, кутаа, хас биирдии оҕоҕо палкалар, төбөҕө кэтиллэр атрибуттар, музыка, проектор.
Дьайымал көрүҥнэрэ: Хамсанар, оонньуур, музыкальнай, билии-көрүү.
Үөрэхтээһин уобаластарын алтыһыылара: эти-хааны сайыннарыы, тыл сайдыыта, художественно-эстетическэй, билиини-көрүүнү сайыннарыы.
Дьарыгы ыытыы көрүҥэ: Билиини хаҥатар дьарык оонньуу модула.
Дьарыкка бэлэмнэнии үлэ: Оҕолору кытта хотугу норуоттар тустарынан кэпсэтии, бэсиэдэ. Атрибутикалары, туттуллар матырыйааллары бэлэмнээһин.
Саҥа билсэр өйдөбүллэрэ: наарта, маамыкта
Дьайымал хаамыыта -
Оҕолор хотугулуу музыкаларынан хааман киирэллэр.
- Айалги! Ити мин эбэнкилии тылынан эһигини кытта дорооболостум. Мин аатым Мария Егоровна диэн. Тандатааҕы " Кэнчээри" детсадтан эһиэхэ кэллим.
- оҕолоо
Страницы: 1 | 2 | 3 > >>