Дьүкээбил анныгар

Страницы: <<  <  1 | 2 | 3 | 4  >  >>

р, үрүн эьэ, күнэ суох кыһын, тымныы да тымныы, табалар - мин ханнык дойду туһунан ойуулаатым? (Хоту) Сөпкө таайдыгыт, маладьыастар. (Слайда көстөр) Биһигиттэн хоту эбээннэр, эбэнкилэр,чукчалар уонна да атын омуктар олороллор. Кинилэр таба иитиитинэн, булдунан дьарыктаналлар.
- Бүгүн мин эһиэхэ хоту омуктар спортивнай оонньууларын билиһиннэриэм. Биһиги сахалар ыһыахха туохха күрэхтэһэбитий (хапсаҕай, мас тардыһыы) онтон хоту омуктар наарта үрдүнэн ыстаныыга, маамыктаны быраҕыыга, палкалаах сүүрүүгэ күрэхтэһэллэр эбит. Бүгүн биһиги палкалаах сүүрүүгэ, наартаны үрдүнэн ыстаныыга үөрэниэхпит уонна маамыкта быраҕан холонуохпут. Чэ, эрэ онно үөрэнэ хоту айанныыбыт дуо? Бардыбыт.
Киирии чаас.
- Биир колоннанан хаамыы. (раз,раз. раз, два, три . . )
- Атах төбүтүнэн хаамыы. - (Атахпыт төбөтүнэн хаамабыт раз, раз,раз . . . )
- Атах тилэҕэр хаамыы ( Атахпыт тилэҕэр хаамабыт раз, раз, раз . . . )
- Биир колоннанан хаамыы (оҕолор, хоту норуоттар сүүрүүгэ мээнэ сүүрбэттэр, палкалаах сүүрэллэр Биһиги эмиэ палкалаах сүүрүөхпүт. Хааман иһэн биирдии палканы ыллыбыт. Палкабытын ортотуттан тутабыт уонна чэпчэкитик сүүрэбит. (Сүүрэн иһэн иннибитигэр иһэр оҕону көрөн сэрэнэн сүүрэбит. )
- Колоннанан сүүрүү.
- Сыыры түһэбит. (тыбыгыратан сүүрүү)
- Тобукпутун үөһэ тардан сүүрүү. (Сыырбыт анныгар халыҥ хаардаах, онон тобукпутун өрө көтөҕөн сүүрэбит).
- Ойоҕоһунан сүүрүү (Үрэҕи туоруур кыра муоста кэллэ онно ойоҕоспутунан ойон туоруубут . Аны биир ойоҕоспутунан ойобут. )
- Мэһэйдээх сүүрүү. (Оҕолоор дулҕалаах сиргэ кэллибит. Маны дулҕаттан дулҕаҕа ыстанан туоруубут. Маладьыастар. Билигин холкутук хаамабыт ааһан иьэн палкаларбытын уурабыт. Сибиэһэй, ыраас салгыны муннубутунан эҕирийэбит уонна айахпытынан таһаарабыт. Зал ортотунан икки колоннаҕа а

Страницы: <<  <  1 | 2 | 3 | 4  >  >>
Рейтинг
Оцени!
Поделись конспектом: