ымньыта сүдү иитэр суолталаах, ону сөпкө быһааран, оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥник инэрин курдук тиэрдэр наада.
3. Судургу эрээри ис дьиҥэ дириҥ номохтоох санааны ойдүү үөрэнэрин ситиһээри таһаарыылаахтык улэлииригэр кыах биэрэн, үлэ араас көрүннэрин киэнник туһаннахха, оҕо айымньылаахтык толкуйдуур, кэпсиир дьоҕурун сайыннарар бары усулуобуйалары үөскэтиэххэ наада. Ол инниттэн оҕо бэйэтин өйүн үлэлэтэн толкуйдуур, ырытар, илдьиритэр сорудаҕы биэрэр сөптөөх.
Оҕону сахалыы тыыннаах иитиини өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрнн олохпут сайдар суолугар сөп тубэһиннэрэн, омук быһыытынан туспа уратыларбытын учуоттаан, салгыы сайыннарар тосхолу тутуһуохтаахпыг. Норуот өйө-санаата олох, киһи, айылҕа туһунан муудараһа бу барыта норуот айымньытыгар сүҥэн сылдьар. Саха ыччата бэрт кыра сааһыттан ону этигэр-хааныгар иҥэриннэҕинэ, киһи быһыытынан кэнэҕэскитэ кэскиллээх, сайдар-үүнэр төрүттээх буолара саарбаҕа суох.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕо сахалыы иитилиннэҕинэ биэс өрүтүнэн сайдан тахсар ол курдук:
oo Сиэр-майгы.
oo Өйө сайдар, толкуйдуура.
oo Тулалыыр эйгэ.
oo Эстетическай.
oo Билэрэ көрөро.
Онон, түмүктээн эттэххэ, бу улэм билиҥни кэмҥэ оҕону сахалыы иитиигэ, сиэр-майгы өттүнэн кырата суох оруолу ылыа диэн биир санааҕа кэлэбин.
Кулан Кугас аттаах Куллустай Бэргэн бухатыыр
олонхоттон бы4а тардыы.
Оруолларга:
1. Куллустай бэргэн бухатыыр.
2. Бухатыыр балта Кун Нуо5алдьын.
3. Абаа4ы уола- Муус Субуйдаан.
4. Аан Алахчын.
5. Куллустай Бэргэн ата- Кулан Кугас ат.
6. Эрэкэ-дьэрэкэ о5олор - сибэккилэр, ункуу4ут кыргыттар.
7. Кыра абаа4ы уоллаттара.
8. Кыталык-кыргыттар ункуулэрэ.
(Сцена орто дойду кестуутэ)
(Кыталык ункуутэ, айыл5а у4уктуута, эрэ
Страницы: << < 1 | 2 | 3 | 4 | 5 > >>