Олонхо ненуе о5ону Сахалыы иитии.

Страницы: <<  <  1 | 2 | 3 | 4  >  >>

хчы-бааччы этигэр-хааныгар иҥэриннэҕинэ, амарах сүрэҕин, мындыр өйүн, уран тарбаҕын утумнаатаҕына эрэ саха омук быһыытынан чэчирии сайдара саарбаҕа суох.
Профессор В. Ф. Афанасьев бэлиэтииринэн, саха олоҥхотугар этэ-сиинэ чэгиэн, үллэр күүстээх, өркөн өйдөөх, хоһуун санаалаах көлүөнэ ыччаты иитэр, үөскэтэр өй барыта түмүллэн сылдьар. Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, саха олоҥхото кыаҕынан, дириҥинэн былыргы гректэр эпостарыгар тэҥнээх айымньы буолар.
Саҥа хараҕа арыллан, кулгааҕа чөрөйөн, мэйиитэ хойдон эрэр кырачаан киһиэхэ тоҕо олоҥхону тиэрдэ сатыыгытый диэн үгүс киһи ыйытар. Тоҕо диэтэххэ тоҕоостоох кэми таба тута сатыыбыт. Олоҥхо сэһэнигэр оҕо сыстыа суоҕа, олоҥхо санаатын олоҕор суолдьут сулус оҥостуо суоҕа түгэни ситэ өйдөөбөтөр да, истибитин кербүтүн түгэх өйүгэр, долоҕойун улаҕатыгар хатаан иһэр, үйэлээх сааһыгар сүппэт билиигэ, көрүүгэ, өйдөбүлгэ кубулутар. Ол иҥэриммит өйдөбүлэ, көрүүтэ сорох түгэҥҥэ быһаарыылаах тирэх буолун сөп диэн бэлиэтииллэр.
Олонхоҕо иһирэх илбис, майгы, былыргы олох-дьаһах, өбүгэлэр үтүө үгэстэрэ, дьарыктара, сүрүн геройдар сирдээҕи олоххо аналлара, дьол, сор, таптал, олох, өлүү, олоххо тардыһыы күүһэ курдук абстрактнай өйдөбүллэр толорутук көстөллөр.
Саастарынан, эт - хаан, өй - санаа уратыларын билэрин таһынан, өссө кини хас биирдии үөрээнээччитин киһи быһыытынан уратылааҕын, үтүө мөкү өрүттэрин төрүттэрин билгэлээн билэрэ, ырытан, ырыналаан көрөрө наада. Оччоҕуна эрэ иитиллээччигэ уус уран айымньы нөҥүө халыы тыыннаах, сиэрдээх сайдарын быһыыны майгыны иҥэрэр.
Оҕону кыра сааһыттан но - руот айымньытынан сахалыы тыыҥҥа, сиэрдээх буолууга иитии, үөрэтии билиҥҥи кэмнэ биир саамай тирээн турар дьоһуннаах сүрүн боппуруостарыттан биирдэстэрин бы"ыытынан көрөн, маннык сүрүн түмүктэргэ кэлэбин:
1. Уус-уран ай

Страницы: <<  <  1 | 2 | 3 | 4  >  >>
Рейтинг
Оцени!
Поделись конспектом: