Выпускная торжественная линейка в 4 классе.
I. Учуутал: Күндүоҕолор, убаастабыллаах төрөппүттэр. Бүгүн биһиэхэ долгутуулаах кун. 4 сыл үөрэнэн, билии-көрүү үктэллэринэндабайан 5с кылааска бэрт түргэнник тиийэн кэллибит. Алын кылаас үөрэнээччитэ буолан бүттүгүт, бүгүҥҥүттэн орто сүһүөх үөрэнээччитэ буолаҕыт. Буүөрэммит кэмҥитигэр иллээхтик биир дьыаланы оҥорорго, оскуола быраабылатынан олорорго үөрэннигит. Билигин бэйэҕит тускутунан кылгастык кэпсии түһүҥ эрэ.
Бары биирдиилээн:
1. Үтүө күнүнэн, күндү ыалдьыттар!
2. Биһиги бэйэбит туспутунан кылгастык кэпсии түһүөхпүт
3. Бастакы кылааска 2015 сыллаахха 16 буолан киирбиппит
4. Төрдүс кылааһы 2019 сылга 13 буолан бүтэрдибит
5. Оскуолабыт биһиэхэ иккис дьиэбит буолар
6. Манна үөрэнэргэ үөрэннибит
7. Кинигэ билии төрдө буоларын биллибит
8. Иллээх, көрдөөх оҕолорбут
9. Кэрэни,үтүөүнү таптыыбыт
10. Үлэҕэ көхтөөхпүт
11. Таптыыр уруокпут физкультура
12. Үҥкүүнү ырыаны да сатыыбыт
13. Барыга бары дьо5урдаахпыт.
II. Дириэктэр, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйин тыллара.
Алын сүһүөх үктэли бүтэрбиттэрин туһунан аттестаттары туттарыы
III. 3 кылаас оҕолорун эҕэрдэ тыллара, открытка, значок туттарыылара
IV. Учуутал: 4 сыл устата эһиги бары кыһаллан үөрэнэн элбэҕи биллигит, үгүһү сатыыр буоллугут. Ол гынан баран хас биирдиигит тус-туһунан ситиһиилээххитин, ханнык эрэ эйгэҕэ дьоҕурдааххытын көрдөрдүгүт. Бастакы кылаастан үөрэххэ үрдүк ситиһиилээх оҕолорго ХАЙҔАЛ СУРУКТАРЫ туттарабын.
Ситиһиилээхтик үөрэммит оҕолорго ГРАМОТА туттарыы
Араас эйгэҕэ ситиһиилээх оҕолорго ХАЙҔАЛ СУРУКТАРЫН туттарыы.
V. Учуутал:Төрөппүттэрбит эһигини кытта тэҥҥэ бастакы кылаастан саҕалаан өссө төгүл алын кылаа спрограмматын хаттаан хатылаан
Страницы: 1 | 2 | 3 > >>