, сииктээх тыа5а, солооһуӊӊа дэбигис тар5анар, үүнэр, астанар.
3. Моонньо5он свойствота.
Араас отоннор ортолоругар моонньо5он ордук элбэх битэмииннээ5инэн биллэр. Моонньо5он отоно эрэ буолбакка, сэбирдэ5э, сибэккитэ, силиһэ, умнаһа барыта туһалаах. Моонньо5он арай дөлүһүөӊӊэ эрэ хотторор, С витамина арыый а5ыйах. Ол эрэн виноградтаа5ар 100 төгүл, яблокаттан 20, дьэдьэнтэн 10 төгүл элбэх. Моонньо5он отонугар аскорбиновай кислота, пектиновай веществолар, эфирдээх арыылар, витамин Р, каротин, калий туустара бааллар.
Моонньо5он отонун сибиэһэйдии барыанньа, араас утах, хомпуот, джем, повидло, мармелад, кэмпиэт оӊостон сиэххэ сөп. Онтон сэбирдэ5ин о5уруот аһын, тэллэйи тууһуурга, араас битэмииннээх чэйи оӊорорго туһаналлар.
4. Норуот медицинатыгар моонньо5ону туһаныы.
Норуодунай медицина5а моонньо5он сэбирдэ5э буспут уутун, чэй оӊостон тымныйыыттан, бүөргэ таас үөскээһиниттэн, хабах ыарыыларыттан эмтэнэллэр. Сүрэх үлэтин күүһүрдэр наадаттан, куртах бааһыгар моонньо5он кисиэлин иһиэххэ сөп. Ити таһынан оһо5ос, куртах, быар, күөмэй, харах, араас баас ыарыыларыгар туттуллар.
Моонньо5ону күһүөрү, атырдьах ыйын иккис аӊаарыттан са5алаан, аһа сиппититтэн көрөн хомуйуллар. Отону сыыһыттан ыраастаан, саамай бөдөӊүн уонна буспутун оһох үрдүгэр кылгас кэмӊэ хатарыллар. Сотору-сотору сэрэнэн эргитиллэр. Бүтүн сэбирдэхтэрин күлүккэ, салгыннаах сиргэ куурдуллар.
4
5. Түмүк.
Кэнники кэмӊэ моонньо5он араас көрүӊнэрин көһөрөн киллэрэн уһаайбаларыгар олордон үрдүк үүнүүнү ылар буоллулар. Биһиги дьиэ кэргэн куоракка, даачабытыгар моонньо5ону үүннэрэбит. Хас сайын аайы аһын хомуйан барыанньа, муорус оӊостобут. Бала5аннаахха баар дьиэбитигэр эбэм эмиэ үүннэриэн ба5арар.
Моонньо5он тымныыны тулуйумтуо, түргэнник тар5анар, көрү
Страницы: << < 1 | 2 | 3 | 4 > >>