Колобок

Страницы: <<  <  1 | 2 | 3 | 4  >  >>

ньыга тиийэн кэллэ.
О5олоор, көрүң эрэ, бу киэргэтиллибит кэрэчээн харыйаны:
Манна бааллар фонариктар,
Кыһыл көмүс шариктар,
Араас кыыллар -
Манна кэлэн эйэлээх буолбуттар.
Чэ эрэ о5олоор, харыйачааммыт туһунан ырыабытын ыллыаххайын эрэ.
Ырыа: "Харыйачаан".
Билигин о5олоор биһиги саңа дьыллаа5ы остуоруйа көрүөхпүт. Остуоруйабыт аата "Колобок".
1 кестүү: Нуучча муз. тыаһыыр.
Остуолга о5онньордоох эмээхсин чэй иьэ олороллор.
О5онньор: Эмээхсин колобокта буһар эрэ.
Эмээхсин: Ханнаа5ы бурдукпунан?
О5онньор:Ампаары сиппийдэххинэ, булуон (эмээхсин ампаарга тахсан бурдук киллэрэр).
Эмээхсин колобогу оңорбута буолар уонна оһоххо буһара уурар. Колобок буспутун кэннэ эмээхсин баран туннуккэ сойута уурар. Колобок куотара кестер. (Колобок музыката)
2 көстүү: Бэьиэлэй музыка тыаьыыр.
Колобок ойуур устун төкүнүйэн иһэр. Төкүнуйэн иһэн куоба5ы көрсөр. (музыка)
Куобах: Колобок, колобок мин эйигин сиэн кэбиһиэм.
Колобок: Сиэмэ, сиэмэ! Мин эйиэхэ ырыа ыллаан иһиттиннэриэм.
Мин колобокпун, колобокпун. . . , ампаартан сиппиллибитим, сүөгэйгэ сөтүөлээбитим, арыыга буспутум, туннуккэ сойутуллубутум, эмээхсиннээх о5онньортон куоппутум. Эйигиттэн куобахтан эмиэ куотуом. . . (музыка)
Уонна куобахтан куотан ойуур диэки төкүнүйэн бара турар.
Куобах:Ээ, чэ бардын, куоттун да5аны. Хата, мин детсадка сана дьыллаа5ы бырааһынньыкка күүлэйдии барыам. (музыка)
3 кестүү: Бөрө5ө сөптеех музыка тыаьыыр.
Ойуурга бөрө үнкүүлүү сылдьар. Арай ыллык устун Колобок төкүнүйэн иһэн бөрө5ө түбэһэр. Бөрө колобок иннигэр турунан кээһэр.
Бере: Колобок, колобок мин эйигин сиэн кээһиэм.
Колобок: Сиэмэ, сиэмэ! Мин эйиэхэ ырыа ыллаан иһиттиннэриэм.
Мин колобокпун, колобокпун. . .

Страницы: <<  <  1 | 2 | 3 | 4  >  >>
Рейтинг
Оцени!
Поделись конспектом: