Баьыыба эйиэхэ, Азбука

Страницы: 1 | 2  >  >>

Баһыыба эйиэхэ, Азбука!
Сыала-соруга: Азбуканы атаарыыны кохтоохтук тэрийии; о5олор ылбыт билиилэрин-коруулэрин чинэтии; кинигэ5э интэриэьи иитии.
Туттар тэрил: сорудахтаах лиистэр, сорудахтаах сибэккилэр, буквалар, ребустар, мозаика, харандаастар, буква анара суруллубут карточкалар, музыка, шардар.

Утренник хаамыыта
I. Киириитэ.
Музыка тыаһыыр.
1 о5о: Дор5оонтон буква таьааран
Букваттан тыл оңорон
Аахтыбыт биһиги суругу,
Бутэрдибит Азбуканы.
2 о5о: Эн биһиэхэ биэрдин билиини
Эн биһиэхэ үүннэрдиң кынаты
Аны биһиги аа5ыахпыт
Атын Араас кинигэни.
Учуутал: Хас биирдии киьиэхэ оло5ор
Баар эбээт, со5отох тугэнэ:
Умнуллубат бастакы кылааьа,
Билиигэ сирдээбит маннайгы кинигэтэ.
Убаастабыллаах ыалдьыттар,
Азбуканы атаарар,
Билиибитин кордорор
Уоруулээх куммутун
Са5алыыры конуллээн!
- Э5эрдэ тыл библиотекарь
- Азбукабытын бутэрэн аа5ар-суруйар буоллубут, онон аны библиотека5а сылдьар буолуохпут.
Учуутал: О5олоор, Азбукабыт кэлэ илик. Кинитэ суох бырааьынньыкпыт са5аламмат ээ. Ынырыахха эрэ.
О5олор: Азбука! Азбука! Азбука!
Азбука: Дорооболорун, о5олоор! Эьигини бастакы кыайыыгытынан – Азбуканы бутэрбиккитинэн э5эрдэлиибин! Миигиттэн элбэххэ уорэннигит, онон хоьоонноргутун истиэм этэ.
(О5олор хоьооннорун аа5аллар).
Азбука: Маладьыастар, элбэх хоьоону уорэппиккит. Аны бугуннуттэн са5алаан араас элбэх кэпсээни, остуоруйаны аа5ыаххыт. Мин собулээн аа5ар остуоруйалаахпын ээ. Кини геройун таайын эрэ, кини наьаа элбэх до5ордоох, куьа5ана диэн Азбукатын атыылаан кэбиспитэ, куох баттахтаах подругалаах, а5ата Карло диэн, бэйэтэ – мас.
О5олор: Буратино!

II. Геройдардыын корсуьуу.
Буратино: Дорооболорун, о5олоор, ааппын и

Страницы: 1 | 2  >  >>
Рейтинг
Оцени!
Поделись конспектом: