Айылҕа нөҥүө Саха литературатын үөрэтии

Страницы: 1 | 2  >  >>

Саха поэзитын нөҥүө саха литературатын үөрэтии.
Айылҕа уонна киһи. Саха киһитэ бэйэтин айылҕа оҕотунан ааҕар. Айылҕаны кытта үйэтин тухары алтыһа сылдьар кинини кытта ыкса ситимнээх.
Мин тус бэйэм саха литературатын учуутала буоларбар ордук улахан көмөнү Өксөкүлээх Өлөксөй поэзията оҥорбута. . Саха тыла быстыбат баайдааҕын ,киһи уонна айылҕа ыкса ситимнээхтэрин аан бастаан Кулаковскай ырыалара-хоһоонноро өйдөппүттэрэ.
Саха литературата бэйэтин суолун Өксөкүлээх Өлөксөй поэзиятыттан саҕалаабыта.
"Поэзия-норуот дууһатын сиэркилэтэ "диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха поэзията айылҕа улуу күүһүгэр сүгүрүйүүттэн,киниэхэ алгыс тылы этииттэн саҕаламмыта.
Өксөкүлээх Өлөксөй айылҕаны уруйдуур,сөҕөр-махтайар эрэ буолбатах. Поэт айылҕа уонна киһи быстыспат биир ситимнээхтэрин бигэргэтэр. Саха литературатын классиктара А. И. Софронов,Н. Д. Неустроев ,П. А. Ойуунускай,онтон салгыы Эллэй,Суорун Омоллоон,Күннүк Уурастыырап уо. д. а. тулалыыр төрөөбүт айылҕаларын кэрэ баай тылларынан иэйиилээхтик хоһуйбуттара. Ол курдук айылҕаны ойуулааһын саха литературатыгар биллэр-көстөр миэстэни ылбыта. Онуоха сүрүн тирэҕинэн норуот айылҕаҕа таптала,сүгүрүйүүтэ,өйө-санаата уонна айымньылара буолбуттара.
Кулаковскай айар тыл аҕата буоларын таһынан,саха норуотун улуу бөһүлүөгэ этэ. Поэт
Уус-уран айымньыта кини норуот инникитин ,сайдыытын,дьылҕатын туһунан бөһүлүөктээһин дьон өйүгэр - санаатыгар тиэрдэр күүстээх ньымата буолбута. Кулаковскай философскай поэзиятын биир чулуу көстүүтүнэн уонна чыпчаалынан кини 1910 сыллаахха суруйбут. "Ойуун түүлэ " поэмата буолар.
Поэт киһи өйүн-күүһүн,сайдыытын уруйдуур эрээри,кини "өйдөөххө дылытын иһин"
Бэрт судургуну дьүүллээн көрбөтүттэн саллар киһи айылҕаны алдьатан,бэйэтин кэскилин быһа кэрдинэр.

Страницы: 1 | 2  >  >>
Рейтинг
Оцени!
Поделись конспектом: