Учуутал: Тихонова А. И.
Кылаас: 1
Уруок: Саха тыла
Тема: Алпаабыт
Уруок сыала-соруга:
-үөрэтэр: Тыл олоҕор сыһыарыы эбиллэригэр дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин үс көрүҥүн биллэрии;
-иитэр: Бүтэй дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин билэн, таба туттан төрөөбүт тылга тапталы иҥэрии;
-сайыннарар: Бөлөххө үлэлиир дьоҕуру, тылы таба суруйууну сайыннарыы.
Үөрэтэр: саха алпаабытын билиһиннэрии, алпаабыт бэрээдэгинэн тыллары наардыыга сатабылы сайыннарыы;
Сайыннарар: саҥарар саҥаны,тургэн толкуйу, өй улэтин сайыннарыы;
Иитэр: бэйэ - бэйэ5э көмөлөөх, убаастабыллаах сыһыаны иитии.
Туттуллар тэриллэр проектор, экран, ноутбук, тылдьыт
Уруок хаамыыта:
Тэрээһин чаас
-Саха тылын уруогар бэлэммит. Ыалдьыттарбытын кытта дорооболоьобут.
- Экраны көрөбүт, бииргэ ааҕабыт. 1 слайд
Таабырын экраҥҥа: Олох тыла суох окур-бокур о5олор кэккэлэһэ турдаллар, кэпсээбитинэн бараллар үһү.
(оҕолор эппиэттэрэ. (2 слайд. Буукубалар)
Сыал-сорук туруорунуу, уруок тематын арыйыы. 3 слайд
Оҕолор, бу буукубалар хадах турбуттарый? (бэрээдэгинэн)
Ханнык буукубалар саспыттарый? (аа5аллар: ҕ, дь, ҥ, нь, ө, һ, ү)
Бу туох эбитий? (алпаабыт)
Бугун уруокпут темата тугуй? (алпаабыт)
Алпаабыт диэн тугуй? (бэрээдэгинэн турар буукубалар)
Төһө сөпкө быһаарбыппытын билээри ханна көрүөхпүтүн сөбүй? (словарьга, тылдьыкка. . . )
Алеша тахсан ааҕыа. (сахалыы быһаарыылаах тылдьыттан 432с. Ааҕар,4 слайд атыттар бары тэҥҥэ экрантан ааҕаллар.
5 слайд Экранна баар алфавиттар тустарынан туох диэххэ сөбүй? (Биирэ нууччалыы, иккиһэ сахалыы, буукубалара элбэх, аҕыйах) Нуучча тылын алпаабытыгар хас буукуба баарый? (33)
Саха тылын алпаабытыгар? (40)
То5о элбээтэ? (сахалыы буукубалар эбилиннилэр)
Ханныкт
Страницы: 1 | 2 > >>